«Аман ѳс» алын сүһүөх саха кылаастарын үөрэнээччилэрин икки ардыгар ыытыллар күрэх балаhыанньата
Ыытыллар сирэ: Дьокуускай куорат 1-гы №-дээх орто оскуолата.
Буолар күнэ: Ахсынньы ый 12 күнэ, 2015 сыл.
Тэрийээччилэр: Дьокуускай куорат 1-гы №-дээх орто оскуолатын алын сүhүѳх кылаастарын учууталлара.
Тезискэ ирдэбил:
- тезис кээмэйэ А4 форматынан 1 cирэй буолуохтаах;
- тезис тиэкиhэ 14 шрибинэн, строка икки арда балтараа интервалынан бэчээттэниллэр;
- тезис биир экземпляра бэчээттэнэн дьүүллүүр сүбэҕэ бэриллэр.
I. Сүрүн ѳйдѳбүлэ:
Тѳрѳѳбүт тѳрүт тылы билии суолтата олус дириҥ. Тыл омук тыына, кута-сүрэ, дууhата, биир тутаах суолталаах уратыта, баайа-дуола. Сахабыт тыла олус былыргы уонна баай, олус кэрэ уонна нарын, сытыы. Бэргэн уонна имигэс. Саҥа кэмҥэ ийэ тылбыт имэҥин, дириҥ ѳйүн толору этэр, туттар, ѳйдүүр туhугар тыл этэн араатардыыр күрэх ыытыллар.
II. Сыала-соруга:
- тылы хомоҕойдук, ылбаҕайдык, табатык тутта үѳрэнии;
- саха тыла сүппэтин, умнуллубатын туhугар оҕолору умсугутуу;
- тѳрѳѳбүт дойдуга тапталы, киэҥ туттууну иҥэрии;
- патриотическай тыыҥҥа, ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга иитии;
- тыл-этии үѳрэҕэр тирэҕирэн, дьону-сэргэни итэҕэтэр гына бэйэ санаатын этэ үѳрэнии;
- тыл, этии, тыл-ѳс культуратын сайыннарыы.
III. Кыттааччылар:
Хас биирдии үөрэх кыhатыттан 3-үс уонна 4-үс саха кылаастартан биирдии үѳрэнээччи (уопсайа 2 оҕо).
Кыттааччыларга ирдэбил: Кыттааччылар сахалыы таҥастаах кэлэллэр.
ОРО УО
Исп. Унарова В.Я.